Сахалыы дьыктаан — 2023

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссиэйэлии үнүбэрситиэтин уонна Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтун Саха тылын хаапыдыратын иитинэн Саха сиригэр «Сахалыы дьыктаан» тэрээһин Дьааҥы оройуонугар 14 бибилэтиэкэтигэр ыытылынна.

Аахсыйа ыытыллар анал күнүгэр 329 киһи дьыктааны суруйда. Сылын аайы ыытыллар тэрээһин Саха сиригэр үгэс буолла. Быйыл дьыктаан Алтан Сарын «Тоҕус этиҥ тойуга» айымньытыттан «Киэһээ айан» диэн быһа тардыыта сурулунна. Суруйуу уустук дии санаабыт кыттааччылар элбэхтэр. Тоҕо диэтэр Алтын Сарын бэйэтин истиилинэн айбыт суруга дьыктааҥҥа уларыйбакка киирбит. Ол иһин билиҥҥи кэмҥэ туттуллар сурук оҥкула урукку ааспыт үйэҕэ киирэ сылдьыбыт тыллар суруллар бэрээдэктэрэ атын.

Кыттыыны ылбыттар Туоһу сурук, бастыҥ суруксуттар Добун суруктары туттулар. Саха тылын билиитигэр, бэйэни холонон көрүүгэ элбэх киһи кыттыыны ылара биэлэтэнэр, биһирэнэр. Бу тэрээһин саха омук тылын быстыбат, кэскиллээх оҥорор уонна сахалыы сурук-бичик сүппэккэ хааларыгар төһү күүс буолар.

Тэрийэр бөлөх аатыттан кыттааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Понравилась статья? Поделиться с друзьями:
Верхоянская МЦБС
Комментарии: 1
  1. Irina

    :idea:

Добавить комментарий

;-) :| :x :twisted: :smile: :shock: :sad: :roll: :razz: :oops: :o :mrgreen: :lol: :idea: :grin: :evil: :cry: :cool: :arrow: :???: :?: :!:

18 − шестнадцать =