*АДЫАЧЧЫГА «РОСТОК» ЛААҔЫР ОҔОЛОРО ПУШКИҤҤА КҮН АНААТЫЛАР*

Быйыл нуучча улуу суруйааччыта Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар анаан, төрөөбүт күнүгэр «Росток»лааҕыр оҕолоругар литературнай чаас ыытылынна.
Бу күн оҕолор Пушкин айымньыларыгар аналлаах быыстапка тула мустан, суруйааччы оҕо сааҺын олоҕун истэн,  бэйэлэригэр тэҥнээн  боппуруостарга эппиэттээтилэр, «Балыксыт уонна көмүс балыкчаан» туҺунан остуоруйа кылгас ис хоҺоонун өйдөөн ылан хатылаатылар, итиэннэ «Көмүс балыкчаан» диэн арт-муҥха акциятыгар, остуоруйаҕа курдук баҕа санааларын истэригэр саныы-саныы кытыннылар.
Түмүктүүр түҺүмэххэ көмүс балыкчааны саамай  кыраҺыабайдык  кырааскалаабыт маҥнайгы кылааҺы бүтэрбит  Васияна Слепцова уонна Айаал Неустроев  Кыайыылаах аатын ыланнар минньигэс сакалаат туттулар. Оттон  оруобуна түбэспит курдук, Пушкин кэргэнин аатыгар тезка иитээччилэр Наталья Николаевна Акимова уонна Наталья Петровна Юмшанова минньигэс сакалаатка тигистилэр. Бары интэриэҺиргээн сылдьыбыт,  кыттыбыт уонна болҕомтолоохтук истибит оҕо сайдар киинин иҺинэн арыллан үлэлээбит «Росток» лааҕыр оҕолоро олохтоох библиотекарь Любовь Гороховаттан минньигэс кэмпиэт тутан, билиилэригэр билии эбинэн астынан тарҕастылар.

Понравилась статья? Поделиться с друзьями:
Верхоянская МЦБС
Добавить комментарий

;-) :| :x :twisted: :smile: :shock: :sad: :roll: :razz: :oops: :o :mrgreen: :lol: :idea: :grin: :evil: :cry: :cool: :arrow: :???: :?: :!:

13 + 9 =